Текст песни

Таптал саҥа күннэ талла Кини киэһэ эмиэ кэрэ Оҕо сааска ордук күндү Кырдьар сааска дьикти кэрэ Уоттаах таптал кууһара дьол Оҕо көтө дайара дьол Таптал санаа кырдьыга дьол Эдэр сэнэх эрдэххэ дьол Үрүн күннэ күлүмүрдээн Өрөгөйдөө итии таптал Доҕотторго сылаанньытан Туругурдун уоттаах таптал Уоттаах таптал кууһара дьол Оҕо көтө дайара дьол Таптал санаа кырдьыга дьол Эдэр сэнэх эрдэххэ дьол