Текст песни
Мин үөрүүм - эн мичээриҥ
Угуйар күн сылааһын
Мин дьолум - эн көрүүҥ
Туохха да тэҥнэспэт
Билбэппин эн санааҕын
Түүлгэр кими көрөргүн
Ханнык ыллыгы батыһан
Сиэттиһэн хаамсаргын
Эн этиий, тоҕо мин
Эйигин сайыһабын
Сарсыҥҥы саҥа күнү кэтэһэбин
Эн этиий, тоҕо мин
Эйигин сайыһабын
Ыллардым бүтүннүү бэйэбинэн
Эйиэхэ баар - халлааным
Харахтаргар көрбүтүм
Эйиэхэ баар - матыып
Айар хоһооннорбор
Утары хардыылыаҕым
Санааларбын кэпсиэҕим
Сүрэҕим эрэнэ
Тугу кэтэһэрин
Эн этиий, тоҕо мин
Эйигин сайыһабын
Сарсыҥҥы саҥа күнү кэтэһэбин
Эн этиий, тоҕо мин
Эйигин сайыһабын
Ыллардым бүтүннүү бэйэбинэн
Мин үөрүүм - эн мичээриҥ
Угуйар күн сылааһын
Мин дьолум - эн көрүүҥ
Туохха да тэҥнэспэт
Билбэппин эн санааҕын
Түүлгэр кими көрөргүн
Ханнык ыллыгы батыһан
Сиэттиһэн хаамсаргын
Эн этиий, тоҕо мин
Эйигин сайыһабын
Сарсыҥҥы саҥа күнү кэтэһэбин
Эн этиий, тоҕо мин
Эйигин сайыһабын
Ыллардым бүтүннүү бэйэбинэн
Бэйэбинэн