Кэскили түстүөххэ
4:08

Текст песни

1. Санааҕа ылларбакка, ааспыты аахсыбакка Хом санааны туппакка, олорорго үөрэниэх Аттыгар күн сырдыгын хаас ааhара кэрэтин Сүрэххэр иҥэрэн үөрүүнэн эрэ сылдьыахха Чугас аймах бар дьоннор, истиҥ атас доҕоргор Өрүү сылаас мичээргин бэлэхтииргин умнума Олоххо биирдэ бэриллэр Дьоллоох кэрэ түгэни Бэйэн тулаҕар сыдьаайа Кэскиллээх олоҕу түстээ х-ы: Тапталы эрэ бу олоххо үрдүктүк тутуохха Сүүрэн көтөн олоххо ситиhиилээх буолуохха Ийэ-аҕа дойдуга күүстээх тапталы аныахха Уонна бу орто дойдуга кэскили түстүөххэ 2. Эн олорор олоххор эн артыкын суолугар Өрүү тэҥҥэ сылдьаллар үөрүү уонна хомолто Эрэл кытыастар кыымын сүрэххэр иҥэрэҥҥин Тулалыыр эйгэҕин үтүөнэн эрэ эн толор х-ы: Тапталы эрэ бу олоххо үрдүктүк тутуохха Сүүрэн көтөн олоххо ситиhиилээх буолуохха Ийэ-аҕа дойдуга күүстээх тапталы аныахха Уонна бу орто дойдуга кэскили түстүөххэ 3. Чугас аймах бар дьоннор, истиҥ атас доҕоргор Өрүү сылаас мичээргин бэлэхтииргин умнума Олоххо биирдэ бэриллэр Дьоллоох кэрэ түгэни Бэйэн тулаҕар сыдьаайа Кэскиллээх олоҕу түстээ х-ы: Тапталы эрэ бу олоххо үрдүктүк тутуохха Сүүрэн көтөн олоххо ситиhиилээх буолуохха Ийэ-аҕа дойдуга күүстээх тапталы аныахха Уонна бу орто дойдуга кэскили түстүөххэ