Текст песни
Түүн түүлбэр суол устун эйигин көрүстүм
Илэ дуу түүл дуу бу?
Үөһэттэн эргийбэт сулустуу умайдыҥ
Уһуктан турабын
Түүлүм киһитэ ханна бааргын билигин?
Олохпор бааргын дуо? Эйигин булуом дуо?
Түүн аайы түүлбэр дьол кэриэтэ кэлэҕин
Эн онно бааргын, эн онно бааргын дуо?
Түһүөхпүн баҕардым олохпун барытын
Эн онно бааргын, эн онно бааргын дуо?
Түһүөхпүн баҕардым олохпун барытын
Эн онно бааргын, эн онно бааргын дуо?
Хараҥа түүн (Түүн), кэл миэхэ хараҥа түүн
Онно эрэ эйигинниин көрсөөрүбүн
Тимирэбин (Мин), түүлбэр мин тимирэбин
Эн онно бааргын, эн онно бааргын дуо?
Өйбүн сүтэрэбин, буккуллабын, эрэнэбин
Мунаахсыйар санаам түүлүм быыстарынан
Эйигин дьиҥ олохпор көрсүөм диэн кэтэһэбин
Түһүөхпүн баҕардым олохпун барытын
Түһүөхпүн баҕардым олохпун барытын
Эн онно бааргын, эн онно бааргын дуо?
Түһүөхпүн баҕардым олохпун барытын
Эн онно бааргын, эн онно бааргын дуо?
Бааргын дуо? Эн онно бааргын дуо?
Бааргын дуо? Эн, эн бааргын дуо?
Бааргын дуо? Эн онно бааргын дуо?
Бааргын дуо? Эн, эн бааргын дуо?
Бааргын дуо? Эн онно бааргын дуо?