Эрэл
3:47

Текст песни

Эн күүтэҕин сайыны олус диэн Олоҕу кэккэтэ диигин эрээри билбэтим Мин эрэлим мин сүрэҕим эрэ киэнэ Көрө иликпин сымыйата суох диэни Күн киирдэҕэ түүн түмүктэммэт Сырдыгы күүппэт хараҥаҕа үктэммит Күлүк дьону үтүктэммит күлсэбит Ол эрэн бу олоххо барыта быстах эбит Эн эмиэ өйдүөн барыта бүтэн эрэрин Эн эмиэ баҕарыан эрэлин эргиллэрин Кэлбэттии барыма кэмсиниэн ди Ол эрэн биир суол баар ону истиий Күн курдук көстөр тапталын Бул биир тылы бил амтанын Аат тылы туттан тускар туһан Эн киһигин ол кыах эйиэхэ бэриллэр бүтэһигин Эн күүтэҕин сайыны күүтэҕин Сырдыгы-кэрэни аҕалыа буолуо диэн Ол эрэн бу олохпут кырдьыга Эрэл суох курдуга сүрэҕи ытатар Буллун тапталы аныгыскы хардыы Бу дойдуга наар ардыыр-хаардыыр Ким олоҕу таптыыр кинини таптыыр олох Ким хом саныыр ол наар соҕотох Сырдыкка талаһар үтүөлүүн алтыһар Хараҥаны харбыыр бэйэ мутугун быһар Эн эмиэ ардыгар астыга суохтук туттаҕын-хаптаҕын Биитэр ол суох ду Итэҕэлинэн инникигин эн ситиһиэн Онтон атыны атыннык иҥэриэн Күн сиринэн кэрийэн элбэҕи билиэн Кэм кэллэҕинэ тиһэх айанҥар тэриниэн Онтон билигин эн кэскилгин кэспэккин Кыайан итэҕэскин Өссө да баар тугу гынарын тыынарын Өссө да баар күлэрин ытыырын Эн күүтэҕин сайыны күүтэҕин Сырдыгы-кэрэни аҕалыа буолуо диэн Ол эрэн бу олохпут кырдьыга Эрэл суох курдуга сүрэҕи ытатар Баар сырдык бу дойдуга диэ Кэрэ кэм кэлбитин Эн эмиэ истиэн Кэтэспити өр кэрэни көрдөр Итэҕэс итэҕэлбин миэхэ төннөр Ол эрэн билигин атын олох оргуйар тулабар Киһи баҕарара барыта баар наар Эн күүтэҕин сайыны Кини да кэлиэ Эн эрэлгин кытары эргиллиэ... Баар сырдык бу дойдуга диэ Кэрэ кэм кэлбитин Эн эмиэ истиэн Кэтэспити өр кэрэни көрдөр Итэҕэс итэҕэлбин миэхэ төннөр Ол эрэн билигин атын олох оргуйар тулабар Киһи баҕарара барыта баар наар Эн күүтэҕин сайыны Кини да кэлиэ Эн эрэлгин кытары эргийиэ... Эн күүтэҕин сайыны күүтэҕин Сырдыгы-кэрэни аҕалыа буолуо диэн Ол эрэн бу олохпут кырдьыга Эрэл суох курдуга сүрэҕи ытатар Эн күүтэҕин сайыны күүтэҕин Сырдыгы-кэрэни аҕалыа буолуо диэн Ол эрэн бу олохпут кырдьыга Эрэл суох курдуга сүрэҕи ытатар