Тулам тула толкуйдар
4:17

Текст песни

Күннэтэ олох олорорго дылыбын мин, Бу сиргэ кэлэммин элбэҕи ирдиибин. Күннээҕи түбүккэ мин бүтэһикпин, Толук уурабын олоҕу ситэ билбэккэбин. Тапталы таҥа сатыыбын саҥа күннэ, Ааспыт абылаҥ сылааһа төннүө түүннэ. Таҥараҕа итэҕэлим симэлийдэ, Бэйэм да билбэппин, итэҕэйимэ, Бэйэҥ сыаналаа. Киир, аас, бу мин сирим. Күннээҕи олоҕум эйиэхэ элбэҕи кэпсиир. Күн тахсыарыттан, күн киириэр диэри Истэ илик кэпсээннэргин эйиэхэ биэриэм. Билэбин соҕотох - ол аата тымныы. Саныыр санаам аргыстаһар атынныын. Сылайдым, хаарыан бэйэм хагдарыйдым, Эн миигин умнаннын мин уларыйдым. Эн миигин умнаннын уларыйдым. Уларыйдым, атын диэки салайдым, Нус-хас соҕустук мин олоруом, Тапталы таба мин тайамматым, Ол эрэн дьоллоохпун, доҕоттор. Ол эрэн дьоллоохпун, доҕоттор. Ол эрэн дьоллоохпун, доҕоттор. Уларыйдым, атын диэки салайдым, Нус-хас соҕустук мин олоруом, Тапталы таба мин тайамматым, Ол эрэн дьоллоохпун, доҕоттор. Ол эрэн дьоллоохпун, доҕоттор. Ол эрэн дьоллоохпун, доҕоттор. Дьон-сэргэ сэбэр этэ абарыы тыына, Аартык арыллар кэмэ кыһыйыы кыына. Уостан сүппэт сымыйа, албын ааттара, Дойду аанын арыйан сүрэхпэр хаайтарар. Билигин бүтэһигэр тапталым тобоҕо, Илбистээх тыл сиһигэр сорун сорҕото. Көнүлэ суох көнүлүм тыал устун ыһар, Көстүбэт күлүгүм хараҥалыын алтыһар. Тиһэх көрүүлэниим эриэннэрэ Төннүбэттии күрэнии бигэргэммит биэтэгэ. Ымыы буолбут ырыалар, сүрэхтэр, Санаалар кэлэйээхтээн кэхтэллэр. Эргиллибэт эрэлим түгэҕэ суох саҥарыым, Бу дойдуга кэлэрим, дойдуттан барарым, Үйэлэргэ үһүйээн, һарсынны күннэ номох, Кэлэр кэмнэ кэпсээн, омуннаах олох. Омуннаах арай олох. Уларыйдым, атын диэки салайдым, Нус-хас соҕустук мин олоруом, Тапталы таба мин тайамматым, Ол эрэн дьоллоохпун, доҕоттор. Ол эрэн дьоллоохпун, доҕоттор. Ол эрэн дьоллоохпун, доҕоттор. Уларыйдым, атын диэки салайдым, Нус-хас соҕустук мин олоруом, Тапталы таба мин тайамматым, Ол эрэн дьоллоохпун, доҕоттор. Ол эрэн дьоллоохпун, доҕоттор. Ол эрэн дьоллоохпун, доҕоттор. Билэрим мэник санаа силигин сиппэтин, Истэрин истэр кулгаах миэнин истибэтин. Күлүгүм көтөр куйаарга күүс эбинэбин, Һүргэм кыайан уйбатын һүтэрэрбэр тиийэбин. Сүрэҕим тэбэр күүһэ тоҥуй тыыннары тумнар, Үрдүбэр үөһэ тырымныыллар сулустар. Тулабар туман тутар сырдык уоттары, Ол уотунан сирдэтэн хараҥаттан куотабын. Мин санаам дириҥ байҕал сорҕото, Этэр тылым айылҕа маанылаабыт оҕото. Хоһооннорбун хоно-хоно уокка анньа оонньуубун, Күлүү эрэ көрө-көрө, күлэ-күлэ суохтуубун. Күлүү эрэ көрө-көрө суохтуубун Эппит тылларбын, суох тапталбын, Ону тэҥэ аргыстаһар аартыктарым Ыырдарын аҕынным олус. Баар буоллун өрүү бу күн анныгар! Мин баарбын өрүү эн сүрэххэр. Умнума миигин, умнума хаһан даҕаны. Баар буолуом эн сүрэххэр.