Текст песни
Сурун сыыстарыыннан буолар самныы
Сыалын туолбатар да
Салҕыы олоххун олороҥ ис
Олоҕуҥ ортото быстыма, самныма
Орто Дойду суолтата
Үгүстэргэ туолбата
Ол да буоллар, самныма
Истэҕиҥ дуо, самныма, самныма
Кыһалҕата суох олороҕун
Билэ иликкин олоҕу
Сотору кэм кэлиэ, эн хаалыан соҕотоҕун
Оччоҕо эн өйдүөн барыта тоҕотун
Уларытыаххын баҕарыан олоҕуҥ сорҕотун
Ол эрээри бириэмэни эргитээригин самныан
Мин эйиэхэ сүбэлиибин, этэбин, кэпсиибин
Кэмсинэбин үгүс оҥорбут олоҕум алҕастарыгар
Бириэмэм тиийбэтэҕэ хомойуох иһин барыларыгар
Ардыгар наар быстар
Таҥаранан бэриллибит кэрчиктэр кылгастар
Сөпсүһэбин, олохпут өссө тупсуон сөп этэ
Кимиэхэ эрэ тоҕо эрэ тиийбэтэ бириэмэтэ
Этиэм этэ, олоҕуҥ миэстэтэ көстүбэтэ
Төһө да кыһалларын иһин дьолун үксээбэтэ
Элбэх киһи оннук олоҕуҥ түмүктээбитэ
Орто Дойду суолтата
Үгүстэргэ туолбата
Ол да буоллар, самныма
Истэҕиҥ дуо, самныма, самныма
Олохпут оҥоһуута, быһыыта оннук
Дьыл-хонук устар, олох быстар
Аргыстар усталлар куруутун туора
Уора сатаама ураты киһи дьолун
Буолар буоллун, Айыы айбыта туоллун
Олох устуҥ устаҥ ис, сүтэримэ суолгуҥ
Бэйэҥ сыалгын былдьатыма былаҕайга
Туох иһин Айыы Таҥара эйиигин айбыта
Эн өйдөө, эн өйүн мэнээх буолбатах
Туолбатах санааҥ барыта быстах
Ардах түһэр, этин ньиргийэр
Ким эрэ бириэмэ барыырын сэрэйэр
Эрэйдэр өссө эрэйдэри тэрийэллэр
Эн өйдөө, эйиэхэ кыра бириэмэ бэриллэр
Эргэрэр эрээри олох көбүтэр
Барыта быстар
Сыыстарыма, самныма
Орто Дойду суолтата
Үгүстэргэ туолбата
Ол да буоллар, самныма
Истэҕиҥ дуо, самныма, самныма