Көҥүл боотурдар
2:00

Текст песни

1. Мин муус сүрэҕим көҥүлү таптыыр Өйдөө бу тиһэх кыланыы Тоҥмут үйэҕэ бүтэһик кыргыһыы Биир эрэ суол өл эбэтэр тыын Туох эрэ күүтэр күрэнии Биитэр тиллии бии эбэтэр Биһи айбыт айыы биллин Онтон мин батаһым эрэ хоторунан Киирдэрбиин инникилии Бу тиһэх күөн көрсүүгэ Көҥүлү көрдүүр эрэттэр Күүстээх эрдэр Туора туран хаалбат хорсун Санаалаах бэйэлээхтэр Орто сир омугун кэскилин Иннигэр иҥэрдим илбис тыыны Эйэлээх олоххо баҕаран Хаан үрэҕи толорон тохтото сатыыбын Сиргэ түспүт олоҕум Орто сиргэ көҥүлү ирдиибит Уоскуйбат кутум сүрүм Тохтоло суох эн тугу ирдиигин Омугум уонна төрөөбүт дойдум Айылҕа айбытынан олордум Үөскээбит буорбун көмүскүүрбүн Тимир куйахтаах унууну туттум Билигин күүстээх эргиллии Ким өрөгөй ырыатын ыллыыр Мин ийэм алгыһын ыламмын Сүрэхпэр иҥэрэммин Кутталы кыйдыыбын Охтоохтон охтума саалаахтан самныма Диэн эппитэ тыллара сүрэхпэр көҥүлбүн Көтүтэн биэрэр курдуктар 2. Сүрэҕим бэйэтин түгэҕигэр санаалаах Мин санаам тирэхтээх мин санаам көҥүллээх Көҥүлүм халлааннаах көҥүлүм муҥура суох Көҥүл боотурдар дойдубут туһугар Көҥүл боотурдар дойдубут туһугар Көҥүл боотурдар дойдубут туһугар Көҥүл боотурдар дойдубут туһугар Көҥүл боотурдар дойдубут дойдубут туһугар