Кэтэһимэ
2:25

Текст песни

1. Дьоллоох буоларга барыта баар барыта атыланар оннооҕор таптал дьолу тутан ыларга харчыта эрэ аҕал ол эрэн хамнас суоҕар хантан кэлиэй капитал күн ахсын күөх экранҥа баай олохтоохтор кимиэхэ эрэ барыта кимиэхэ эрэ тобохтор хата үрдүк үөрэҕи босхо ылыахха сөп биһиэхэ ол да сөп биитэр туох наада өссө 2. Ким эрэ билигин валюталаах яхталаах омук сиригэр дачалаах оҕото сарсынҥылаах ким эрэ орто соҕус сэмэй дохотдаах онтон ким эрэ дэриэбинэҕэ үс ынахтаах биллэн турар бааллар үлэлээн байбыттар ол эрэн үксүлэрэ уоран талан албыннаан баҕабыт барыта хайаатар да табыллыахтаах тоҕо диэтэр былааннаах Хос ырыата: Көмөнү кэтэһимэ үөһэттэн бүттэ саҥа олоххо саҥалыы бэйэн үктэн хайа да харчыга булуоҥ суоҕа син биир эрэли тапталы итэҕэли кэскили Көмөнү кэтэһимэ үөһэттэн бүттэ саҥа олоххо саҥалыы бэйэн үктэн хайа да харчыга булуоҥ суоҕа син биир эрэли тапталы итэҕэли кэскили Эрэли тапталы итэҕэли 3. Барытын син ыла сатаатылар баайбытын элбэтиэххэ баара дии санаатылар саха сирин диэки суордуу хайыстылар бары барытын кэлэн атыыластылар Онтон ким эрэ наар харчыта суох кини сүрэҕэ суох буотах кини соҕотох тугу да билбэт кини муммут бу сиргэ кини көлөһүнэ баайдар сиэптэригэр 4. Кыракый оҕо кыайан өйдөөбөт тоҕо кини аҕата сатаан иэстэрин төлөөбөт кини өйүгэр баппат доҕоро эппитэ Дьадаҥы оҕолордуун оонньобоппун диэтэ дьол тутулуга суох дьон үлэтиттэн дьол тутулуктаах дьон иҥсэтиттэн туохха тиксэргиттэн көстөр эн кимин кимиэхэ да наадата суох эн итэҕэлин Хос ырыата: Көмөнү кэтэһимэ үөһэттэн бүттэ саҥа олоххо саҥалыы бэйэн үктэн хайа да харчыга булуоҥ суоҕа син биир эрэли тапталы итэҕэли кэскили Көмөнү кэтэһимэ үөһэттэн бүттэ саҥа олоххо саҥалыы бэйэн үктэн хайа да харчыга булуоҥ суоҕа син биир эрэли тапталы итэҕэли кэскили Эрэли тапталы итэҕэли кэскили