Текст песни
Барыта кэрэ биир эрэ баар саха сирэ
Ол эрээри өйдөө дойду биир эрэ
Ол эрэн эйигин туппата дойду
Баара-суоҕа биир эрэ саха сирэ дойду
Сахаҕа дойду биир эрэ ол Саха сирэ
Бастакы - дойдуну атыылыыр
Иккис - көһөр, үһүс - булар мантан ордук уйаны
Харчы үлэ ситэ сахабын диэмэ
Бириэмэ уларыйар өрө тахсаҥ иһиэххэ наада
Төһө да ырааттаргын алааскын умнумуоххун наада
Дойду таһыгар баран тугу булаҕыт эһи, ама тэһийэҕит?
Кэрдэҕит бэйэҕит олорор маскытын
Таҥнараҕыт атаскытын
Саха саханы хатыйыма диэн этии баара
Ол арааһа билигин умнулунна
Бэйэм дойдубун уратыттан араарабын
Өссө биир сөмөлүөтү соҕуруу атаарабын
Дойдубун сөбүлүүбүн, ол иһин акаарыбын
Бээрэ, тохтоон бары, мин өйүм таабырын
Суох сахам сириттэн ураты дойду
Хаһан да этиэм суоҕа: тапталым сойдо
Эн өйдөө өскөтүн тиийбэтибит мөлүйүөҥҥэ
Бары тарҕаһан баран кубулуйабыт тумаҥҥа
Ол иһин сэлэһэ туруом суоҕа
Биэстэн биир мантан бара туруоҕа
Өйдүөҕэ дуо сыыһатын? арааһа суох
Саха кэрэ ол эрээри биир эрэ
Дойдугутун атастаһымаҥ
Сөптөн хаһан да саһымаҥ
Уратыны кытары аргыстаһымаҥ
Өйгүтүн сааһылааҥ уонна этиҥ
САХА СИРЭ БИИР ЭРЭ!