Текст песни
Түннүк нонуо самыыр..түүннэри кыыс ытыыр...
Күлүк санааны үүрэ сатыыр...
Саатар сарсын саҥа сиргэ коттун
Онтон тымныы суолу соух тоттору..
Ытаама хараҕын уутунан куотума
Хараҥаҕа суолгун сырдатыам уотунан
Сүрэҕин сүмэтиттэн миигин сүтэримэ
Эн дуу эн таскар күн-дьыл тохтуур
Соҕотохтуу охтуом арай таптаатаргын
Таптыам этэ мин оннооҕор ыраатаргын
Ардыыр-хаардыыр олоххор оссо биир хардыы
Ардыгар дьылҕан эйигин оруу туора тамныыр
Тымныы.. сопко этэҕин мин атыммын
Ол эрэн эн тускар олук уурабын тыыммын
Сүрэххэр ааҥҥын оргууй сэгэтэммин
Олох охсууларын тулуйарга бэлэммин
Эн эрэ баар буол эн эрэ кыым буол
Эн биһи иккиэммитигэр суруллар биир суол
Хаана да тиий эн аттыгар баарбын
Тугу эмэ гынан эйиэхэ туһалаатарбын мин
Улаатабыт биһигини уларытар
Ону эмиэ ойдуубун туун уоскутар
Тапталым уостубат сүрэх тэбэр оссо
Куустуһан саҥа куҥу корсуох..
Туннэстэр күммэр.. аттыбар буолууй
Ахтар саныыр түүммэр.. таспар баар буолууй
Сүрэхпин бүтүннүүн.. тапталынан толорууй
Аттыбар баар буолууй..
Тымныы тыалга уйдаран
Эн биһи сылаас сыһыаммыт уларыйда
Арый сүрэҕин аанын мин атыммын
Баарбын эн аттыгар куһун буоламмын
Аны тиийбэт миэхэ ойобулун
Билэбин барытын этимэ барытын ойдуубун
Син биир сүрэҕим эрэ кэпсиир
Тапталы таайарга турун диир
Эн ирдиигин миигиттэн
Таптыыбын диэбэккэ истин эбиппин син
Онтон мин соҕотох таптал тыына
Сүрэҕим чуумпу тууну эмиэ мыынар
Баар буол саатар санаабар буол
Биир эрэ баҕа санаам бу дойдуга туол
Онтон атыны эн умнан кэбис сотору
Корсуоххэ диэри доҕоруом.....