Текст песни

Арай мин таас үрэх буолуом Эн мин сүүрүгүм буолуон Уоскулаҥы билбэт олоҕум уолбат күүһүнэн устуон Арай мин колуччэ буолуом Эн күн чаҕыла буолуон Кэрэҕэ урдук дьулуһуум кэрэһитэ буолан туруон Арай мин киэн халлаан буолуом Эн сандал сарыал буолуон Тапталбыт ырааһын туоһулуу Сыдьаайа сырдыы туруо Арай мин түүлэй туун буолуом Эн тунал ыйдана буолуон Санньыар санааттан хомойууҥ барыгын кыйдаан дьоллуон Арай мин куох хатын буолуом Эн дохсун ардах буолуон Мин ыллыыр ырыабар куруук эдэр саас тыыныҥ кутуон