Текст песни
Мин олохпор сандааран киирбитин эн бу хараҥаттан
Ол кэмтэн ыла мин анааран көрдүм тулабын саҥаттан
Эн биһи, ол көмүс түгэҥҥэ
Сүрэхпит күүскэ тэбэрэ тэҥҥэ
Эн биһи олох устун этэҥҥэ баран иһиэх тэриммэккэ
Таммах да күн күлүмүгэр
Үөрбүттүү тырымныы күлэр
Уостубат таптал сүрэхпэр
Угуттуур сылааһын эбэр
Эн биһи, ол көмүс түгэҥҥэ
Сүрэхпит күүскэ тэбэрэ тэҥҥэ
Эн биһи олох устун этэҥҥэ баран иһиэх тэриммэккэ
Сүрэхпит бииргэ
Сүрэхпит күүскэ тэбэрэ
Тэбэрэ
Эн биһи, ол көмүс түгэҥҥэ
Сүрэхпит күүскэ тэбэрэ тэҥҥэ
Эн биһи олох устун этэҥҥэ баран иһиэх тэриммэккэ
Иһирэх истиҥ иэйиигэ тэҥ
Мэһэй туох баарый бу сиргэ?
Кэрэтиэн кэтэһэр кими эрэ
Кистээн кимиэхэ да эппэккэ