Текст песни
Таптал туһунан төһө ырыа суруллубутай
Сүрэх долгуйан хаста ууллубутай
Төһө элбэхтэ уол эн суолгар муммутай
Хорсун бэйэтэ хас түүн муннамытай
Бу тапталы таайаары, эйигин уураан ылаары
Бу тыннаах тыллары, ис дууһаттан анаары
Бу сатамматах таптал буолуо суохтаах
Таайбыт санаам барыта хайаан да туолуохтаах
Итэҕэй миэхэ эн эрэ, сэгэриэм
Ханна да буол, мин өрүү кэтэһиэм
Бу сатамматах таптал буолуо суохтаах
Таайбыт санаам барыта хайаан да туолуохтаах
Итэҕэй миэхэ эн эрэ, сэгэриэм
Ханна да буол, мин өрүү кэтэһиэм
Эйигин көрсүбүт түгэммин кэмсиммэппин
Олоххун дьолунан толорорго бэлэммин
Бу сиргэ таптыыбын туохтан да мин эйигин
Бу күнү өр да күүппүт эбиппин
Бу тапталы таайаары, эйигин уураан ылаары
Бу тыннаах тыллары, ис дууһаттан анаары
Бу сатамматах таптал буолуо суохтаах
Таайбыт санаам барыта хайаан да туолуохтаах
Итэҕэй миэхэ эн эрэ, сэгэриэм
Ханна да буол, мин өрүү кэтэһиэм
Бу сатамматах таптал буолуо суохтаах
Таайбыт санаам барыта хайаан да туолуохтаах
Итэҕэй миэхэ эн эрэ, сэгэриэм
Ханна да буол, мин өрүү кэтэһиэм
Миигин билбиккиттэн билигин кэлэн кэмсинимэ эн
Көрсүбүт күҥҥүттэн кэлэйэн умса көрөн турума, сэгэриэм
Умнума таптал диэн ааттаах бу сиргэ аптаах тыл баарын
Итэҕэй бииргэ тумнуохпут мэһэйдэри биһиги иккиэн барытын
Арый хараххын, уһугун, тулаҕын көр атыннык
Куттаныма, кэл миэхэ чугаһыы түс дуу эн өссө кыратык
Эн аттыгар хас үүнэр күн чахчы да ааһара астык
Ама көрбөккүн дуо? Бу таптал, үллэстиэх аһаҕастык
Бу сатамматах таптал буолуо суохтаах
Таайбыт санаам барыта хайаан да туолуохтаах
Итэҕэй миэхэ эн эрэ, сэгэриэм
Ханна да буол, мин өрүү кэтэһиэм
Бу сатамматах таптал буолуо суохтаах
Таайбыт санаам барыта хайаан да туолуохтаах
Итэҕэй миэхэ эн эрэ, сэгэриэм
Ханна да буол, мин өрүү кэтэһиэм
Үйэлэргэ хаал, эн букатын миигин тал
Итэҕэй, эрэн бу таптал, сэрэнэн илиигин аҕал