Бу сатамматах таптал буолуо суохтаах
3:43

Текст песни

Таптал туһунан төһө ырыа суруллубутай Сүрэх долгуйан хаста ууллубутай Төһө элбэхтэ уол эн суолгар муммутай Хорсун бэйэтэ хас түүн муннамытай Бу тапталы тайаары, эйигин уураан ылаары Бу тыыннаах тыллары, ис дууһаттан анаары Бу сатамматах таптал буолуо суохтаах Таайбыт санаам барыта хайаан да туолуохтаах Итэҕэй миэхэ эн эрэ, сэгэриэм Ханна да буол, мин өрүү кэтэһиэм Бу сатамматах таптал буолуо суохтаах Таайбыт санаам барыта хайаан да туолуохтаах Итэҕэй миэхэ эн эрэ, сэгэриэм Ханна да буол, мин өрүү кэтэһиэм Эйигин көрсүбүт түгэммин кэмсиммэппин Олоххун дьолунан толорорго бэлэммин Бу сиргэ таптыыбын туохтан да мин эйигин Бу күнү өр да күүппүт эбиппин