Түүл
4:48

Текст песни

Мин бөлүүн элбэҕи түһээн көрдүм, Туох эрэ сүтүкпүн сырсаҥ көрдүм, Түүннэри эрэй бөҕөтүн көрдүм, Тугу көрдүү сатаабыппын өйдөөбөтүм. Мин бөлүүн дьиктини түһээн көрдүм, Уһуктан түүлбүн ырытан көрдүм. Саҕахтан саҥа куҥум тахсарын көрдүм, Тугу түһээбиппин дьэ өйдөөммүн үөрдүм. Хос ырыата: Көрдөстүн: эн, истин доҕор буолууй миэхэ, Мин илдьиппин тиэрдиий киниэхэ, Куҥум-ыйым тэҥэ киһиэхэ, Өссө көстө турдун дуу миэхэ, миэхэ, миэхэ мин түүлбэр... Түүлбэр дуу, илэ дуу көстөн ыллын, Сүрэхпэр сурун миэстэтин ыллын, Олохпун тус илиитигэр ыллын, Хас саҥа үүнэр куҥнуун тэҥнэ тылыннын. Саҥа күн мин баҕабын толорууй, Сүрэхпин эрэлинэн толорууй, Быһаҕас дьолбун ситэрэҥҥин толорууй, Атыттар курдук миигин эмиэ дьоллооруй. Хос ырыата: Көрдөһөбүн, истин доҕор буолууй миэхэ, Мин илдьиппин тиэрдиий киниэхэ, Куҥум-ыйым тэҥэ киһиэхэ, Өссө көстө турдун дуу миэхэ, миэхэ, миэхэ мин түүлбэр...