Текст песни
Дууһабын сүр баттыыр
Санаалары киэр кыйдааммын
Күүһүрэн кыах ыламмын
Күммүн күүтэбин
Элэҥнэс дьылҕаны да
Тохтообот тоҕотун да
Билгэлээх түгэхтээх
Мин тууну күүтэбин
Билэҕин дуо эн
Миигин курдаттыы
Билэҕин дуо эн
Дьиҥнээх дьолу
Билэҕин дуо эн
Кыыс тапталын
Сирдээх халлааны
Хамсатар бу күүстээх иэйии
Долгуйбат бу тыллартан
Таас хайа эн самнан эрэр
Салҕыбат сыал иҥэн сүрэхпин тобулуон
Дириҥник ылларбыккын билэр тоҕоос түгэннэр
Соһуйа өмүрэ эн туран хаалымаар