Үөрүүлэр үөрүүлэрэ
3:21

Текст песни

Тоҕо түргэн сулустар Суолбун туора сүүрэҕит? Сиргэ тоҕо дьулуста Халлааннааҕы сүрэҕим? Тоҕо күлэр күнүстэр Хара түүнү куустугут? Сиргэ тоҕо түстэ Кыырай халлаан кустуга? Туохтан тоҕо бу манна Күлүм өйдө күн күнэ? Саныыр санаам сайынна Үрдүк үөрүүм үлүрдэ? Туохтан көр-нөр мустубут Туойар долгун устубут Күлүктэрэ көстүбэт Күндү мааны дойдубут Маннык дьикти, кэрэ бэт Сибэккиинэн хойдубут? Дьэ бу туохтан буолтун эт Кэпсээ — туохтан бу буолла? Тоҕо кэрэ кыргыттар Кэккэлэһэр буоллугут? Биэрэктэртэн, кытылтан Миигин кэлэн буллугут? Тоҕо мааны дьахталлар Тоҕуоруһан тахсаллар? Тоҕо сырдык тапталлар Сүрэхтэргэ сапталлар? Туохтан тоҕо бу манна Күлүм өйдө күн күнэ? Саныыр санаам сайынна Үрдүк үөрүүм үлүрдэ?