Хос аатыҥ уоскулаҥ
1:42

Текст песни

Санатар эйигин туох баар барыта Күн сардаҥата, гитара ырыата Быһах курдук ааһар ахтылҕан ыарыыта Сүрэҕим тоҕо бүппэтий ытаан? Мичээриҥ сырдыгын хараҕым тулуйбат Эппиэккин күүтэн телефонум утуйбат Тэҥниэм этэ харахтаргын сулустарга Ыарахан буолуо, халлааны көрдүм аайы ахтарга Биир да күн эн тускунан санаабаккабын Кыайан атаарбат буоллум — куоласкын ахтабын Иэйиибин кынаттаатыҥ, хомолто суох буоларын курдук аптаатыҥ Күҥҥэ сүүрбэ биирдэ хатыланна эн аатын Тыынан туорууҕун хараҕым муоратын Көтүө этэ үөһээ сөрүүн тыал буолан, халлааны арыллан Уоскулан диэн эн хос аатын Мичээриҥ сырдыгын хараҕым тулуйбат Эппиэккин күүтэн телефонум утуйбат Тэҥниэм этэ харахтаргын сулустарга Ыарахан буолуо, халлааны көрдүм аайы ахтарга