Текст песни

Сир хамсыыр мин тулабар Эн аттыгар турдахпына Халлааным хараҥарар Алҕас көрөн аастаххына Тоҕо тэйэстибит? Тоҕо атын кыыс илиитин Тутаҕын миигин курдук Хаһан эрэ ыраатта? Эмиэ күһүн кэлиэ Соҕотох алааска Тахсыам эйиигин ахта Саныам барытын Күнтэн күн Түүнтэн түүҥҥэ Күлүгүн эрэ элэҥниир Тоҕо эмиэ түүлбэр Киирэн өйбүн эрэйдээтин? Тоҕо бу тапталы Ыарыы курдук ылынныбыт? Атын буолуо этэ дуо? Этиий, сэгэриэм… Эмиэ күһүн кэлиэ Соҕотох алааска Тахсыам эйиигин ахта Саныам барытын