Текст песни
Сыл хонук ааспытын да аайы
Ойдуубун мин бэҕэһээ курдук
Эйэҕэстик көрөн ааспыккын
Истин мичээри бэлэхтээннин
Хайдах эн маннык миэхэ киирдин
Кылгас түгэҥҥэ умнубаттык
Ол кэннэ тэбиэлиир сүрэҕим
Умнубат эйиигин умнубат
Таптыыбын диэбэтэр даҕаны
Көрүөҕүм эйиигин туораттан
Кууһан ылыаҕым санаабар
Уоскуйуом оччоҕо баҕардар
Хаамабын мин куорат устунан
Элбэх дьоннор быстарынан
Ол харахтары көрүөм диэммин
Көрдүүбүн мин көрдүүбүн
Тоҕо кини миэхэ көстүбэт
Ыйытабын ыраас күнтэн
Эппиэт ылаары эрэнэммин
Турабын мин тыалга утары
Таптыыбын диэбэтэр даҕаны
Көрүөҕүм эйиигин туораттан
Кууһан ылыаҕым санаабар
Уоскуйуом оччоҕо баҕардар