Текст песни
Киэҥ аартыгы тэлэммин
Киэҥник-куоҥнук хардыылаан,
Ытыктабыл ыламмын
Иитиэм диирим дьоннорбун.
Элбэх санаа кыымнара -
Эһиэннэрэ-миэннэрэ -
Сыыска-буорга тэпсиллэн
Хаалаахтыыллар халтайга.
Хаалан хаалбыт санааҥ,
Хам баттаабыт баҕаҥ,
Сөҥөн хаалбыт хоргуттууҥ...
Кыһыытын, абаатын...
Хаһан эрэ, ханна эрэ
Эн оннугар барытын...
Силлиэ түһэн ааһыаҕа,
Оту-маһы сынньыаҕа.
Нүһэр-дьоһун, чиҥ-чаҕаан,
Күүс-бас киһи буолаар диэн
Этэллэрэ эйиэхэ
Кэккэ чугас дьонноруҥ.
Онтон бэттэх, элэҥнээн,
Сыллар-күннэр ааһаллар,
Атын олох долгуна
Илдьэ барар эйиигин.
Хаалан хаалбыт санааҥ,
Хам баттаабыт баҕаҥ,
Сөҥөн хаалбыт хоргуттууҥ...
Кыһыытын, абаатын...
Хаһан эрэ, ханна эрэ
Эн оннугар барытын...
Силлиэ түһэн ааһыаҕа,
Оту-маһы сынньыаҕа.
Истиий! Ис санаам иэйиитин,
Болҕой! Мин этэрбэр тылларбар.
Сэргээҥ сэҥээриий.
Санаа! Көй санаам ооннььуутун
Ахтаммын, туойаммын ыллыыбын.
Хаалан хаалбыт санааҥ,
Хам баттаабыт баҕаҥ,
Сөҥөн хаалбыт хоргуттууҥ...
Кыһыытын, абаатын...
Хаһан эрэ, ханна эрэ
Эн оннугар барытын...
Силлиэ түһэн ааһыаҕа,
Оту-маһы сынньыаҕа.
Хаһан эрэ, ханна эрэ
Эн оннугар барытын...
Силлиэ түһэн ааһыаҕа,
Оту-маһы сынньыаҕа.