Нарыннык туттаҥҥын
3:29

Текст песни

Көрсө түстүм сарсыарда Уу баһан иһэр кыыһы, Аалай сарыалы санаатар Иэдэһэ тэтэрбит даҕаны. Тула өттүм чуумпу даҕаны, Санаабыттан ол кыыс арахпат. Харахтарбар өргө дылы Кини мөссүөнэ хатанна. Хос ырыата Долгутан ыллылар, Кучуйар курдуктар Ыас хара харахтар, Субуллар суһуохтар. Нарынык туттаҥҥын Кыбыстан ыларыҥ Күһүҥҥү тымныыны Сылытар курдуктар. Тоҕо даҕаны баҕардым Эмиэ эн киэҥ харахтарыҥ Дьикти үөрүү долгунунан Миигин ыга кууһуохтарын. Түүн ахсын эн кэрэ мөссүөҥҥүн Өйбөр эргитэммин көрөбүн. Билбэт эбиппин эн кимҥин: Таҥараҕын дуу, киһигин дуу? Хос ырыата Долгутан ыллылар, Кучуйар курдуктар Ыас хара харахтар, Субуллар суһуохтар. Нарынык туттаҥҥын Кыбыстан ыларыҥ Күһүҥҥү тымныыны Сылытар курдуктар.