Эн санааҕынан
4:20

Текст песни

Эн баҕа санааҕынан Көтөбүн халлаанынан Эн ыраас тапталгыттан Кынаттанан Мин дууһам кэннигэр да Элбэх баай баар буолбатар Аттыбар эн баарын буолар Мин дьолум Таайабын, эн сүрэххин Мин ырыам сылытара Кыракыйтан ахсааннаах (Тугу эрэ) сымната Мин кэрэ кэргэним буол Олоҕум дьолунан туол Аттыбар эн баарын буолар Мин баайым. Билэҕит доҕоттор Устудьуон олоҕо Бүгүн баар Сарсын туох да суох Кураанах хаарманҥа Төбөҕөр толору тыал Сүрэххэр тэбэр Күүстээх таптал Күннээҕи дьарыгын Үлэ, үөрэх, дьаарбай Хантан эмит булбут киһи Бытархай Өрөбүл киэһэҕэ Кэрэ аҥааргын киинэҕэ ыҥырарын Тохтуу-тохтуу түс кыысчаан Солото суох бу уолчаан Эйигинниин кэпсэтэр Чааһынан Бүгүҥҥү күҥҥэ үөрэх Сарсыҥҥы күҥҥэ үлэ Онтон өрөбүллэргэ Эйиэнэ Күүлэйдии барыаххыт пааркаларынан Сылаас, ыраас күөл кытыытынан Сэргэлээх уопсай уоттара тыганнар Суолгутун сырдаталлар