Илиибин уунабын эйиэхэ
4:27

Текст песни

Илиибин уунабын эйиэхэ, Ыраах да ыраах баар киһиэхэ, Илиибин салгыҥҥа уунабын, Эйигини абылыа мин абым. Припев: Үрүҥ түү былааккын бүрүнэн Эн киириэн, билигин Аммаҕар... Бэл тыалы, тымныыны былбэккэ, Эн туруон, ол хаардаах биэрэккэ. Одулуон, уҥуоргу кытылы - Тумаҥҥа сууламмыт кытылы... Бу уууммут мин илиим эйиэхэ Тумарык үөһүттэн көстүөҕэ... Припев Хардары илиигин эн уунуон, - Ол курдук уунаҥҥын өр туруон,... Итинник абылыа мин абым - Мин тиһэх, мин муҥур тапталым!