Эйиэхэ анаан
2:03

Текст песни

Долгуйабын күүтэбин эрэнэбин Эйиигин көрсүөм диэн Түүл түhээн көрөн кыталык доҕоруом Күөх түүлүм сыhыытын тумнума Хара харахчаан кэрэ да кыысчаан Олохпун эйиэхэ эрэ анаан Билиэм булларбын харахтаргыттан Эн мин сүрэҕпин, олус кыҥаа Эйиигин көрөбүн сөбүлээн Эйиигин эрэ мин таптаан Олохпун эйиэхэ мин аныыбын Олус күүскэ мин таптыыбын Субу аттыгар мин баар буолуом Таптал туһугар аламай таас булуом Олус эйэҕэс мичээргинэн Барыта улаҕан эрэйинэн Хара харахчаан кэрэ да кыысчаан Олохпун эйиэхэ эрэ анаан Билиэм булларбын харахтаргыттан Эн мин сүрэҕпин, олус кыҥаа Саҥа күн, саҥа олох Бары күннэр биир курдук Солбуттан халыйбатарбын Миэхэ күүстэ ук Атахпар туран барыам Айыылартан сүбэ ылыам Туох баар үөрүүгүн миэхэ кэпсээ Эйиигин мин истиэм Мэник холук тыал буолан көрдүү көтүөм Мин дууhам күннээйигин Сарсыарда уhуктуохпун баҕарбаппын Күөх түүлүм алыбар ылларан Хара харахчаан кэрэ да кыысчаан Олохпун эйиэхэ эрэ анаан Билиэм булларбын харахтаргыттан Эн мин сүрэҕпин, олус кыҥаа