Билинии
4:04

Текст песни

Эн истиий, доҕоччугуом, Ыллыыр ырыам тылларын, Эн истиий, доҕоччугуом, Ахтылҕаным иэйиитин, Этимэ, этимэ Быстах ааһар күлүм таптал диэн. Хос ырыата: Көрдөһөбүн, үрэйимэ Таптыыр сүрэх күүрээнин, Көрдөһөбүн, үргүтүмэ Дууһам сырдык сүүрээнин. Мин саныыр санааларым Толорулар эйигинэн, Мин ыллыыр ырыаларым Аналлар эйиэхэ. Этимэ, этимэ Быстах ааһар күлүм таптал диэн, Этимэ! Хос ырыата. Эн эрэ мичээргинэн Тулам тупсар, киэркэйэр, Эн эрэ тапталгынан Дьылҕам миэнэ дьоллонуо. Этимэ, этимэ Быстах ааһар күлүм таптал диэн, Этимэ! Хос ырыата.