ҮҮТЭЭН
3:28

Текст песни

Күн саҕаланна үүтээҥҥэ Күөс өрүллэ турар оллооҥҥо Бөлүүн иҥнээхтээбит собо Арыыга буста оһоххо Суор оонньуур лыҥкыр кылыһах Тойугун охсон Кини эмиэ миигинниин манна турда хонсон Баай Барыылаах баай Байанай оҕото Олохтоох суорум! Ыйан кул дуу, манна Ханан тойонуҥ быйаҥа баарын! Баай Барыылаах Баай Байанай Мааны оҕото Кыланар суор! Көрдөр миэхэ ыйан үөһэнэн көтө сылдьан! Күөх болбох балыга ханна үгүһүн?! Хара тыаҥ кыыла сүөлэ төһөтүн?! Илин-арҕаа, убайым, баран өҥөй! Сиэрдээх киһи диэтэргин, арай Күндүлээҥин, биири эмитэ, мин диэки күөй! Санаабыт санаам сатаннын диэн Уот Уххаҥҥа ылан ас кээстим Сыыдам сырыым сымнаатын диэн Сир иччилэриттэн көрдөстүм! Мин кэлбиппэр кини үөрэн Олорор тиит маска туойа! Суор оонньуур лыҥкыр кылыһах Тойугун охсон Кини эмиэ миигинниин манна турда хонсон Баай Барыылаах баай Байанай оҕото Олохтоох суорум Ыйан кул дуу, манна Ханан тойонуҥ быйаҥа баарын! Баай Барыылаах Баай Байанай Мааны оҕото Кыланар суорум Көрдөр миэхэ ыйан үөһэнэн көтө сылдьан