Текст песни
Хап хараҥа түүн буолаҥҥын
Кууһан ылан уоскутаҕын
Хайалардаах өрүс уутаҕын
уот куйаарбар уу кутаҕын
Туоллар туолан иһэр эбиккин
Эйиигинниин уоттаах уу үҥкүүтүгэр эргийэбин
Чэйиий иэйиим иэйиий дуу
Букатынныы салгыннарбытын
баайаҥҥын ой дуорай
Ханна тийэммин эйигиннин
бииргэ буолоухха диэхтээхпиний
Ханнык элгээҥҥэ киириэхтээх күн
сүрэхпин эйиэхэ биэриэм диэн
Припев:
Аламай күн эн курдуккун
Аар айылҕам диэн эн буолбуккун
Бридж:
Букатынныы сүрэхпэр дай
күнүм аллай оҕолоргор дьай
Айыыһытым Иэйэхситим
бу сиргэ иэйииннэн ситиҥ
Дом Дом Дом
Халлаан уонна сир суулааһыннын
булан ылан уоскуйан бардын
Бэйэм испэр хаайтарбыт санаам
босхолонон ыраастанна
Эйиигиттэн эрэ мин
Өрө көттүм дэнэбин
Көҥүлүм кэл сөбүлүүр өҥүм диэн
Төлкөбүнэн эн бэйэҥ туруккар киирэн
Улам-улам суоллаан
иһэҕин сүрэххинэн
Туолар былыргыттан
саҕаланар көлүөнэлэрбит тэтимҥэ