Сааһы уруйдуубун
3:19

Текст песни

1. Сарыал тыалчаан аргыстаах, Оргууй хааман иһэбин, Иэйии кэрэ тыллара, Сүрэхпиттэн кутуллар. х-ы ; Үрүйэ устар, Сибэккии тыллар, Күммүт күүскэ сылытар, Сааһы уруйдуу, күөрэгэй ыллыыр, Оҕо - аймах көрүлүүр. 2. Харалдьыкка туллуктар, Хаадьылаһа оонньууллар, Айылҕа аргыый тупсан, Силигирии чэлгийэр. х-ы ; Үрүйэ устар, Сибэккии тыллар, Күммүт күүскэ сылытар, Сааһы уруйдуу, күөрэгэй ыллыыр, Оҕо - аймах көрүлүүр. 3. Сахам сирин үрдүнэн, Сандал сааспыт эргийдэ, Ырыа тойук дорҕооно, Алаастары толордо. х-ы ; Үрүйэ устар, Сибэккии тыллар, Күммүт күүскэ сылытар, Сааһы уруйдуу, күөрэгэй ыллыыр, Оҕо - аймах көрүлүүр.