Текст песни

Мин санаатым бу олорон эйигин Санаарҕаатым, таҥнарбытын эрэлбин Мин сүрэхпэр дириҥ бааһы хааллардын Мин тапталбын сыыска-буорга тэбистин Эрэйдээтин Ханна да эн тиий, ырыабын истиий Өрүү таптыырбын умнубаппын, эн билиий Кимниин да эн буол, дьоллоох эрэ буол Кыыһырбаппын эйиэхэ Сарсын эмиэ саҥа күһүн үүнүөҕэ Онтон миэхэ син биир маннык буолуоҕа Таммалыыр мин ытыспар бу дойдуга Барыта бороҥ буолла Ханна да эн тиий (Ханна да эн тиий), ырыабын истиий (Ырыабын истиий) Өрүү таптыырбын умнубаппын, эн билиий Кимниин да эн буол (Кимниин да эн буол), дьоллоох эрэ буол Кыыһырбаппын эйиэхэ Ханнык даҕаны кыыс эйиэхэ син биир тиийбэт Эн бааргар сүрэҕим хомойор диэни билбэт Эйигин көрбөтөҕүм өр да өр буолла Ол гынан бараҥҥын дьүһүнүн өйбөр хаалла Эйигин санааммын мин сүрэҕим олус ыалдьар Эйигин кытта буолуохпун баҕарабын этэн Кыыһы көрөммүн мин эйигин саныыбын Баар-суох күндү доҕорум, мин эйигин таптыыбын Кэлиий көһүүй эн миэхэ, дьол кэлиэҕэ биһиэхэ Туох баар тапталбын, олохпун эйиэхэ аныаҕым Ханна да эн тиий, ырыабын истиий Өрүү таптыырбын умнубаппын, эн билиий Ханна да эн тиий (Ханна да эн тиий), ырыабын истиий (Ырыабын истиий) Өрүү таптыырбын умнубаппын, эн билиий Кимниин да эн буол (Кимниин да эн буол), дьоллоох эрэ буол (Дьоллоох эрэ буол) Кыыһырбаппын эйиэхэ Ханна да эн тиий (Ханна да эн тиий), ырыабын истиий (Ырыабын истиий) Өрүү таптыырбын умнубаппын, эн билиий Кимниин да эн буол (Кимниин да эн буол), дьоллоох эрэ буол (Дьоллоох эрэ) Кыыһырбаппын эйиэхэ Ханна да эн тиий Ырыабын истиий өрүү таптыырбын умнума