Боотурдар
4:00

Текст песни

Хабыр да суоһар да сурахтан Хотугу мин дойдум айманар Хойдубут былыты быыһынан Хомпоруун хотойдор көттүлэр Сарсыҥҥы көҥүлбүт туһугар Саргылаах олохлут туһугар Сахалыы саадаҕы курданан Саалаахтан самнымаҥ Эрэттэр! Тирэнэр тиһилик тирэхпит Тиһиктээх күннэргэ хаххабыт Эрэнэр эрэллээх эркиммит Эн саха уолаҕын Боотургун Хаптайар чаҕыйар буолумаҥ Батаскын эн умса тутумаар Хотуулаах хотой кыыл буолаҥҥын Үөһэттэн уотунан курбуулаа Хабыр да суоһар да сурахтан Хотугу мин дойдум айманар Хойдубут былыты быыһынан Хомпоруун хотойдор көттүлэр Тирэнэр тиһилик тирэхпит Тиһиктээх күннэргэ хаххабыт Эрэнэр эрэллээх эркиммит Эн саха уолаҕын Боотургун