Соҕотоҕун хаалабын
4:03

Текст песни

Халлааны сир икки ардах Мин тапталым төптөрү барда Ыраатар санаа күлүгэр Киһи сайыһар түмүгэр Ким да өйдөөбөт ол дьонтон Мин хаалабын бу сиргэ ордон Арай сылаас эн суругуҥ Эйигин санатыа куруутун Эмиэ соҕотоҕун хаалабын Хараҥа түүннэри аһабын Сордонобун айманабын Күн аайы эйигин саныыбын Көрдөһөбүн ааттаһабын Куруутун таптыахпын баҕарабын Эйигин доҕорбун Син биир туох эрэ мэһэйдиэ Куруук сүрэхпин эрэйдиэ Инники дьыл-хонук элбиэ Оччоҕо сүрэҕим тэһийиэ Хантан булабын ол тыллары Эн сүрэххэр аналлааҕы Оччоҕо эйиэхэ суруйуом Уонна турбаттыы утуйуом