Чаҕылхай Түгэҥҥэ
4:10

Текст песни

Чаҕылхай түгэҥҥэ Дьиҥ үөрүү диэн тугун Мин билэр курдугум Биир баар-суох олоҕум Туһугар үчүгэй буолуоҕум Ол эрэн үксүгэр Баар туора сүпсүлгэн Наар тула үөскүүллэр Бэл туһата суох сүбэлэр Хайдах эрэ Туох баар санаам Миэнэ барыта Бу үүммүт дьикти түгэҥҥэ Халлаантан тыгар Күн сырдыга Атыннык миэхэ көһүннэ Хайдах эрэ Үөйбэтэх өттүбүттэн Бэйэбин бу баарым Тухары өйдүүрбүттэн Дьиҥ букатын уратытык Олох кэлэн атыннык Хаһан да билбэтэҕим Буолар эбит дуу диэтэҕим Биллибэккэ Олуһун диэн бэркэ Туохха да төрүт Саараама иҥнибэккэ Кэлбитэ Киирбитэ Иҥмитэ Бэйэтэ Итэҕэйэбин бу чаҕылхай түгэҥҥэ Чахчы биллим толору дьолу бу кэннэ Эрэнэбин баар дьоммор эһиэхэ Биһиги сүрэхпит ол дьолунан тэбиэҕэ Итэҕэйэбин бу чаҕылхай түгэҥҥэ Чахчы биллим толору дьолу бу кэннэ Эрэнэбин баар дьоммор эһиэхэ Биһиги сүрэхпит ол дьолунан тэбиэҕэ Эн бэйэҥ эрэ дуу, Эбэтэр өссө ким эрэ баар дуу? Кырдьык итэҕэйэр Эмиэ эн курдук бэйэҕэр Хаһан да баҕарбат эйиэхэ куһаҕаны Оннук киһи баҕар баара буолуо даҕаны Ол онтон төрүт долгуйума Дьолгун эрэ ойуулаа Кутуҥ-сүрүҥ эйгэтэ Хараҥаттан тэйиэҕэ Сырдык санаа иэйиитэ Баар сүрэххэр эйиэхэ Хайдах эрэ Туох баар санаам Миэнэ барыта Бу үүммүт дьикти түгэҥҥэ Халлаантан тыгар Күн сырдыга Атыннык миэхэ көһүннэ Хайдах эрэ Үөйбэтэх өттүбүттэн Бэйэбин бу баарым Тухары өйдүүрбүттэн Дьиҥ букатын уратытык Олох кэлэн атыннык Хаһан да билбэтэҕим Буолар эбит дуу диэтэҕим Биллибэккэ Олуһун диэн бэркэ Туохха да төрүт Саараама иҥнибэккэ Кэлбитэ Киирбитэ Иҥмитэ Бэйэтэ Итэҕэйэбин бу чаҕылхай түгэҥҥэ Чахчы биллим толору дьолу бу кэннэ Эрэнэбин баар дьоммор эһиэхэ Биһиги сүрэхпит ол дьолунан тэбиэҕэ Итэҕэйэбин бу чаҕылхай түгэҥҥэ Чахчы биллим толору дьолу бу кэннэ Эрэнэбин баар дьоммор эһиэхэ Биһиги сүрэхпит ол дьолунан тэбиэҕэ.