Бэринимэ хаһан да
3:33

Текст песни

Уол оҕото, ат-кулун, Хорсун хотой, эр хоһуун, Олох бүттүүн-охсуһуу, Тупсарыа тулуур-дьулуур. Тохтоомо, суолуҥ уһун, Олому бэйэҥ булун. Аһаҕас инниҥ-туһуҥ, Өрүү мэҕүс, өрө туһун. Уотуҥ уһун-кулуһун, Ыйыа-сирдиэ сулуһуҥ. Эрэнэллэр олуһун Куруутун дойдуҥ, дьонуҥ. Уол оҕо-дурда-хахха, Бэринимэ хаһан да. Өрүү күүтэр саҕахха Өрөгөй-кыайыы уота. Чугуйума турума, Көтүөҥ-дайыаҥ ыраахха. Куттаныма туохтан да, Бэринимэ хаһан да. Эр бэрдэ, эрдий-бэрдий, Ийэ сиргин бил, кэрий, Ыыргын кэҥэт, тибилий, Ырааҕынан тэлэһий. Суолгун бул, бэрий-тэрий, Билэн-көрөн кэрэтий. Бэйэҕин көрдөр, кимҥиний? Уол оҕо-дурда-хахха, Бэринимэ хаһан да. Өрүү күүтэр саҕахха Өрөгөй-кыайыы уота. Чугуйума турума, Көтүөҥ-дайыаҥ ыраахха. Куттаныма туохтан да, Бэринимэ хаһан да.