Текст песни
Ыллаа-ыллаа дуу, гитаара,
Эдэр саас арыалдьыта.
Лыҥкыр тыаскар уйдаран
Олоруоҕум чуумпуран
Санаабар тиллиэхтэрэ
Ааспыт кэм түгэннэрэ,
Сэргэлээх киэһэлэрэ,
Кыыс иэйиилээх күлүүтэ.
Хап-хара суһуохтар,
Буспут дьэдьэн уостар,
Уп-уһун кыламан, харахтар...
Тапталы таайсыһыы,
Киэһэтин атаарсыы,
Сатала суох симик уураһыы...
Сэргэлээххэ бу киэһэ
Саҥа ырыа дьиэрэйэр,
Эн хоскор оҕо кыысчаан
Тапталтан саатара
Эн биһи оҕо сааспыт
Ыллаан-туойан ааһыаҕа,
Харыстаабыт тапталбыт
Бу ырыаҕа ылланыа
Хап-хара суһуохтар,
Буспут дьэдьэн уостар,
Уп-уһун кыламан, харахтар...
Тапталы таайсыһыы,
Киэһэтин атаарсыы,
Көрсүөххэ диэритин арахсыы...
Ыллаа-ыллаа дуу, гитаарам,
Эдэр сааһым аргыһа.
Чуумпу хоспор чуҥкуйан
Санаабыт аралдьыта
Санаабар тиллиэхтэрэ
Ааспыт кэм түгэннэрэ,
Сэргэлээх киэһэлэрэ,
Кыыс иэйиилээх күлүүтэ...
Хап-хара суһуохтар,
Буспут дьэдьэн уостар,
Ханна саһан сүтэн хааллыгыт?
Эдэркээн кэмнэри,
Уол оҕо тапталын
Илдьэ барбыккытын билбэккит...