Текст песни
Хомус тыаһа омох буолан
Олоҥхоҕо дьону муста
Дьоһун мааны тойук буолан
Дуораһыйда дьолу туойда
Хомус тыаһа ыра буолан
Ыҥыртаата ыраахха
Дьолу түстүүр санаам туолан
Сайда туруо сахам сирэ
Хомус тыаһа алгыс буолан
Арыйыста айыы суолун
Ахсыс халлаан аанын аһан
Айхаллаата айыы дьонун
Хомус тыаһа сэһэн буолан
Сэһэргээтэ сиэдэрэйдэ
Ийэ сирин кэлэр кэмин
Кэскиллэрин кэрэһийдэ
Сайда туруо сахам сирэ