Олох устун
2:49

Текст песни

Дьонтон туора сылдьаҕын Дьолгун кыайан туппаккын Бардамсыйан даҕаны Баайы дуолу булбаккын Кыаммат кыраны муокастаан Күүс күдэх эбиммэккин Көрбөтү истибэти хаадьылаан Көрсүө киhи дэппэккин Олох устун эрэллээх Охсуhарга бэлэмнээх Баран ис эдэркээн киhи Бар дьонун дойдун иhин. Дьолун суолун тутаннын Дьолуо аттаах айаннаа Туhуу тахсыы дуомнарын Тэhиин тутан эн туораа Кыайар хотор эрэллээх Кырдьык иhин эн охсус Саха уола кэскиллээх Сырдык суолун эн тутус Олох устун эрэллээх Охсуhарга бэлэмнээх Баран ис эдэркээн киhи Бар дьонун дойдун иhин. Олох устун эрэллээх Охсуhарга бэлэмнээх Кытаат эдэр киhи Кыай хот сырдыкка дьулус -hээй Олох устун эрэллээх Охсуhарга бэлэмнээх Баран ис эдэркээн киhи Бар дьонун дойдун иhин. Олох устун эрэллээх Охсуhарга бэлэмнээх Баран ис эдэркээн киhи Бар дьонун дойдун иhин.