Туман буолбут
4:42

Текст песни

Туман буолбут саһарҕаны Өр одуулан туран Өйтөн сүппэт, умнуллубат Оҕо сааспын ырытабын. Кэлиҥ кэрэ кэрдиис кэммин Кэмчиэрийэ мин кэпсиэхпин, Дойдум дьонун алгыс тылын Айманаммын ыллаатарбын... Хос ырыата: Чаҕыл күн көрүөхтүн диэн, Сырдыгы сырдаттын диэн, Ыллыыр ырыам алгыстаннын диэн, Дьол-соргу тосхойдун диэн, Баҕа санаам туоллун диэн, Үрдүк үөрүүм дьоҥҥо тиийдин диэн, Аныыбын эһиэхэ Сүрэхтэн тахсар тылларбын! Хонуу нарын сибэккитин, Сахам сирин күөх сайынын Сааһылааммын ыллаатарбын Эдэр-сэнэх эрдэхпинэ. Кэлиҥ кырдьар саас ылыаҕа, Ыллыктарбын хаар сабыаҕа, Хаалыахтара санааларым Ханнык эрэ алаастарга... Хос ырыата: Чаҕыл күн көрүөхтүн диэн, Сырдыгы сырдаттын диэн, Ыллыыр ырыам алгыстаннын диэн, Дьол-соргу тосхойдун диэн, Баҕа санаам туоллун диэн, Үрдүк үөрүүм дьоҥҥо тиийдин диэн, Аныыбын эһиэхэ Сүрэхтэн тахсар тылларбын! Хос ырыата: Чаҕыл күн көрүөхтүн диэн, Сырдыгы сырдаттын диэн, Ыллыыр ырыам алгыстаннын диэн, Дьол-соргу тосхойдун диэн, Баҕа санаам туоллун диэн, Үрдүк үөрүүм дьоҥҥо тиийдин диэн, Аныыбын эһиэхэ Сүрэхтэн тахсар тылларбын! Сүрэхтэн тахсар тылларбын!