Уол оҕо
3:28

Текст песни

Уол оҕо төрөөтөҕүнэ Суор үөрэр дииллэрэ Сиргэ түспүт сэрэбиэйэ Окко түспүт оҥоһуута Оннук буоллаҕа Уол оҕо кыратыгар Сүүрэр-көтөр мэниктиир Ыһар-тоҕор холоруктанар Дьиэ кыра хаһаайына Арыт сэмээр эбит Элбэҕи эрэнэр Эрчимнээх санаалаах Көмүскүүр дьылҕалаах Уол оҕо мохсоҕол Уол оҕо оттомуран Аҕатын батыһан Сиргэ-уокка бултка-алтка Олох араас түгэннэригэр Элбэххэ үөрэнэр Уол оҕо улаатан Сиһин этэ ситэн Буутун этэ буһан Олох киэн аартыгынан Айаҥҥа турунар Элбэҕи эрэнэр Эрчимнээх санаалаах Көмүскүүр дьылҕалаах Уол оҕо мохсоҕол Элбэҕи эрэнэр Эрчимнээх санаалаах Көмүскүүр дьылҕалаах Уол оҕо мохсоҕол Элбэҕи эрэнэр Эрчимнээх санаалаах Көмүскүүр дьылҕалаах Уол оҕо мохсоҕол