Таптал сулус 2
3:04

Текст песни

Атырдьах ыйа олохпун Тосту уларыппыта Истибитим эн тускунан Чугас доҕотторттон Ол кэннэ хайдах эрэ Эйиигин ахтар буолбутум Мин аналым эн эбит диэн Мин сүрэхпэр эппитим Эйигин көрсүөм иннинэ Харахпар ойуулур этим Хайдах кыталыккын Санаабар көрөр этим Сэрэммин чугаһаан Кэпсэтиини саҕалаан Иэйэн туран барытын Тугу саныырбын арыйан Балаҕан ыйа этэ Тапталга манньыйар кэмим Чугаһаары кыбыстаммын Мөлтүүрбүн бу өйдүүбүн Эн сүрэххин ситиһээри Тугу барытын умуннум Ыйдаҥалаах түүн сүрэхпин Эйиэхэҕэ бэлэхтээтим Баччааҥҥа диэри умнубаппын Балаҕан ыйын биирин Буруйа суох хараххыттан Таммах уута саккырыырын Сүрэҕим хам туппута Тиийэн уоскутаарыбын Онтукпуттан кэмсинэбин Бырастыы акаарыны! Таптал сулус үөһэттэн тыган Эйиигин уонна миигин харыстаан, Төһө да тэйэн арахсан сылдьан Бииргэ буолуохпут биһиги таптаһан... Талыый халлаантан Сөбүлээбит сулускун Киини биһини харыстыаҕа Бу олохпут устун Көстөр көстүбэт былыттар Хараҥа тымныы халлааҥҥа Миигин ахтаҥҥын чыычааҕым Курус күннэргэр ытаама Эргиллэн кэлиэҕим сотору Ааҥҥын тоҥсуйуоҕум Аҕыйах хонугу Мин сүрэҕим баҕас тулуйуоҕа Уоскуйуоххпут барытыттан Сынньаныахпыт эн биһи Суох буолуу өрүүтүн Дьону ыһар этиһии Алтынньы уон биирис күнүн Саамай ону өйдүүбүн Түүлбэр даҕаны сылдьаммын Суохтааммын өрүү көрдүүбүн Эн тускар эрэ сылдьаары Эйигинниин олороору Кыһаллабын билигин даҕаны Санаабын толороору Толору дьоллоохпун диибин Ол эрээри итэҕэс Сүрэҕим көрдүүр эбит Хайдах эрэ аһаҕас Эн биһини сөбүлээбэт Утарар дьоннор көстүөхтэрэ Суолбутугар киирэн биэрэн Онно тобуктуохтара! Таптал сулус үөһэттэн тыган Эйиигин уонна миигин харыстаан, Төһө да тэйэн арахсан сылдьан Бииргэ буолуохпут биһиги таптаһан...