Текст песни
Көмүс кыымы ыһыахтанан
Куһун манна саҕаланна.
Чараҥ кини солкотунан
Чараас-чараас былаат баанна.
Куһун кэлиэ санаабакка
Күннүүр оонньуур буолуулара.
Сайын манна күөх тунаахха
Санаа күүрэр кэмэ барар.
Хос ырыата:
Тэлээрдилэр сэбирдэхтэр,
Тэҥнэ-тэҥнэ эргийдилэр,
Чахчы дьикти, чахчы кэрэ
Чараҥ вальстаан, вальстаан эрэр
Куһун лыҥкыр музыкатын
Күүтэн турбут хаарыан хатын
Хайдах эрэ хамсаан барда,
Хатын аргыый наскылдьыйда.
Доҕоччугуом, сүрэх үөрэр,
Дууһам сырдаан кэҥээн кэлэр.
Тапталбытын таайар, билэр
Чараҥ бүгүн вальстаан эрэр.
Хос ырыата