Текст песни
Үчүгэй да кэмнэргэ
Биһиги үөрэнэбит,
Ол кэрэ да киэһэҕэ
Мин эйигин көрүстүм.
Хос ырыата:
Долгуйар дьоллоох
Дьокуускай куоратым,
Сэргэлээҕим уопсайын
Кэрэ да киэһэлэрэ.
Мин сүрэхпэр иҥэн хаалбыт
Эн күлбүт истиҥ мичээриҥ,
Мин ситэ билбэтэх кыыһым
Бу ырыабар ылланаҕын.
Сыл-хонук диэн этэллэр
Кырдьаҕастар өрүүтүн,
Эдэр сааспыт кэмнэрэ
Түргэнник да аастылар.
Хос ырыата
Эн тоҕо эмиэ куруук,
Мэлдьи долгун уу курдук.
Тоҕо бу ырыа мэлдьи
Эйигин эрэ санатар.
Хос ырыата