Текст песни
Туохтан эрэ кимтэн эрэ
Туохтан эрэ
Туохтан эрэ олус хараастан
Кимтэн эрэ отой кэлэйэн
Сүөм түһэн олорор мин иннибэр
Соҕотох күлүк барахсан
Туохтан эрэ олус хараастан
Кимтэн эрэ отой кэлэйэн
Сүөм түһэн олорор мин иннибэр
Соҕотох күлүк барахсан
Аламаҕай маҕан күн тоҕо эрэ үөрдүбэт бүгүн
Саас күһүн кыһын сайын
Барыта биир барыта биир
Арай сүрэх куруук кырдьыгы ирдиир
Бүгүн эмиэ манна мин соҕотоҕун олортум
Кими эрэ күүппүтүм эрээри кэлбэтин билэрим
Эрэл өлөрбүтэ киллэрин истибитим
Ол иһин бу күҥҥэ дылы итиҕэйбитим
Үмүллүбүт кумаахыҕа истиҥ тыллаах саҥа хоһоон
Бөх буолан сытыаҕа таах үйэ буолбут дьылҕалаах
Кистээммин ыллыаҕым кинини
Чороон күлүгэ эрэ истиэҕэ
Саһыара тутуоҕум кинини
Кэлин эйиэхэ эрэ этээри
Кистээммин ыллыаҕым кинини
Чороон күлүгэ эрэ истиэҕэ
Туохтан эрэ олус хараастан
Кимтэн эрэ отой кэлэйэн
Сүөм түһэн олорор мин иннибэр
Соҕотох күлүк барахсан
Туохтан эрэ олус хараастан
Кимтэн эрэ отой кэлэйэн
Сүөм түһэн олорор мин иннибэр
Соҕотох күлүк барахсан
Ахтыбыт санаабыт күннэрбин барытын
Сурукка тиспитим эбитим эбитэ буоллар
Батыа суоҕа этэ ханна да
Хомойбут кэлэйбит күннэрбин барытын
Ырыа гынан испитим эбитэ буоллар
Ыллыам суоҕа этэ биири да
Аптаах айылҕам
Уйаан уйулҕам
Эйиэхэ анаан
Кистээн айыаҕа
Аптаах айылҕам
Уйаан уйулҕам
Эйиэхэ анаан
Хоскор ыллыаҕа
Кистээммин ыллыаҕым кинини
Чороон күлүгэ эрэ истиэҕэ
Саһыара сытыарыам кинини
Кэлин эйиэхэ эрэ ыллаары
Кистээммин ыллыаҕым кинини
Чороон күлүгэ эрэ истиэҕэ
Саһыара сытыарыам кинини
Кэлин эйиэхэ эрэ ыллаары
Туохтан эрэ олус хараастан
Кимтэн эрэ отой кэлэйэн
Сүөм түһэн олорор мин иннибэр
Соҕотох күлүк барахсан
Туохтан эрэ олус хараастан
Кимтэн эрэ отой кэлэйэн
Сүөм түһэн олорор мин иннибэр
Соҕотох күлүк барахсан