Снег
2:40

Текст песни

Сири хаста көмнөх саптай Сиргэ хаста хаар ууллуннай Ол эрэн эйигин ахтарым олох оспото Соҕотох сайыным эйигиннээн хаһыҥырда Тоҕо эмиэ тардыалыыгын? Мин кутум ыалдьар кылын Тоҕо эмиэ оонньуугунуй? Көрдөһөбүн тыытымарыый Өрө тулуйдум өйдөөтүм ыраахтан таптал ордугун Көрбөтөх эбиппин сору буолбатах эбиппин мору Арай кууспут эбиппин истиҥ дьолу Көрдөһөбүн былдьаамарыый саатар ону Сири хаста көмнөх саптай Сиргэ хаста хаар ууллуннай Ол эрэн эйигин ахтарым олох оспото Соҕотох сайыным эйиигиннэн хаһыҥырда Көрдөөбөтөҕүм төптөрү төҥнөр ыллыгы Күн үөһээ тахсан былдьаан илитэр ини Солум остоҕун аайы Эйиэхэ истиҥим төгүллээн күүһүрэр Тугу мин этэрбин сүрэхпэр муспутум Баҕарабын баҕарарым эйиэхэ толору дьолу Сүрэхпэр кистээммин илдьэ сылдьыаҕым тапталы Тоҕо эмиэ тардыалыыгын? Мин кутум ыалдьар кылын Тоҕо эмиэ оонньуугунуй? Көрдөһөбүн тыытымарыый Сири хаста көмнөх саптай Сиргэ хаста хаар ууллуннай Ол эрэн эйигин ахтарым олох оспото Соҕотох сайыным эйигиннээн хаһыҥырда Сири хаста көмнөх саптай Сиргэ хаста хаар ууллуннай Ол эрэн эйигин ахтарым олох оспото Соҕотох сайыным эйигиннээн хаһыҥырда Тоҕо эмиэ тардыалыыгын? Мин кутум ыалдьар кылын Тоҕо эмиэ оонньуугунуй? Көрдөһөбүн тыытымарыый