Текст песни
Хотун Хоту хоонньутугар хонон турдум бөөлүүн
Сылаас таба тириитигэр сууланаммын
Таһырдьа хобо чоргуйар оһоххо чэй оргуйар
Күн ойон тахсаҥ хайалары батыһар
Сэмэйдикумайар уот иннигэр
Наар көҥүллэр кыра ураһа иһигэр
Бу дьоннор айылҕалар айылҕа диэн кинилэр
Ийэ сири кэмнээн эргитэллэр
Уучахха олорсон өбүгэ налыытынан
Көтөр кынаттаах табаннан
Ыллыыр умнуллубут тылынан
Ирбэт дойду туһунан хайа тааһын тыаһыгар
Эбээн омук дойдута
Эбээн Бытантай
Эбээн дула хайата
Эбээн омук хаххата
Наҕыл үрэх нарын кыыс кэриэтэ
Имэрийэр сөрүүн сири долгуйарын уоскутан
Таптаатым бу олоххо мин баарбын
Ыллаатым айылҕа доҕуһуолугар
Бу хайалар ырыалара
Бу тоҥ айылҕа тойуга
Эйгэбэр эйээрэр ил-эйэ
Куйаартан куйуллар эһиэхэ
Бу алыылар ырыалара
Бу хоту тымныы тойуга
Иэйиибэр эбиллэр эгэлгэ
Куппуттан хоһуллар хоһоонум
Ирбэт дойду туһунан хайа тааһын тыаһыгар
Эһэһээ эһэһээ эһэһээ һээ
Ирбэт дойду туһунан хайа тааһын тыаһыгар
Эһэһээ эһэһээ эһэһээ һээ
Эбээн омук дойдута
Эбээн Бытантай
Эбээн дула хайата
Эбээн омук хаххата
(Эйэ эййэ эййэ эййэ
Эйэ эййэ эййэ эййэ
Эйэ эййэ эййэ эййэ
Эйэ эййэ эййэ эййэ)
Аныгы үйэ кыһалҕатыттан мин ыраахпын
Өйбүнэн ырааспын сүрэхпинэн сылааспын
Ыраас салгыҥҥа суураллабын
Хонуу сиигигэр сайҕанабын
Буорга үүнэр үүнээйиттэн үөнтэн-көйүүртэн
Кыылтан сүөлтэн уратыта суохпун
Биир ситимнээхпин
Күн тутан турар төгүрүк күөх дьиэлээхпин
Хотун Хоту хоонньутугар хонон турдум бөөлүүн
Сылаас таба тириитигэр сууланаммын
Таһырдьа хобо чоргуйар оһоххо чэй оргуйар
Күн ойон тахсаҥ хайалары батыһар
Эбээномук дойдута
Эбээн Бытантай
Эбээн дула хайата
Эбээн омук хаххата