Текст песни
Кэрэни кэрэхсээн
Үтүөнү үксэтэн
Сырдыгы сыдьаайан
Бар дьонум дьоллоох буолун!
Уйаннык таптааҥҥыт
Истиҥи иэйэҥҥит
Долгуйа үөрэнниҥ
Бар дьонум дьоллоох буолун!
Ырааҕы анааран
Үрдүккэ көтөҥҥүт
Кэскили түстээҥҥит
Бар дьонум дьоллоох буолун!
Уостубат уйгулаах
Кэнчээри ыччаттаах
Олоҕу салҕанныт
Бар дьонум дьоллоох буолун!
Кэрэни кэрэхсээн
Үтүөнү үксэтэн
Сырдыгы сыдьаайан
Бар дьонум дьоллоох буолун!
Үрүн күн анныгар
Ийэ сир үрдүгэр
Анаммыт олоххо
Бар дьонум дьоллоох буолун!