Билбэтэҕим
5:11

Текст песни

Мин өйбүттэн эн тахсыбаккын Харахпыттан симэлийбэккин Дууһабын хайдах аймаатыҥ? Олуһун да сөҕөбүн Күнүн аайы, түүнүн аайы Эйиигинэн мин олоробун Сүрэхпиттэн хаһан да сүппэт Иэйии диэни биллэҕим Эйигинэ суох аҥарбын Киһи дэммэт курдукпун Олохпор маннык күүстээх таптал Кэлиэ диэммин билбэтэҕим Санаабар бу орто дойдуга Ким да маннык таптыы илигэ Буолуо диэммин бэйэбиттэн Ыйытабын, сөҕөбүн Эн миигиттэн тэйиччигин Ахтылҕаммын уматаҥҥын Хаһан бииргэ олох устун Айанныырым буолуоҕай? Эйигинэ суох аҥарбын Киһи дэммэт курдукпун Олохпор маннык күүстээх таптал Кэлиэ диэммин билбэтэҕим Инникигэ эрэнэбин Күнүн аайы бииргэ буолуом диэн Аттыбыттан арахсыбакка Куруук дьоллуу туруоҕум Мин эйиигин дьоллуом диэммин Улаханнык саҥарбаппын Ол эрэн бу күүстээх иэйиигэ Итэҕэйэр эбиппин Эйигинэ суох аҥарбын Киһи дэммэт курдукпун Олохпор маннык күүстээх таптал Кэлиэ диэммин билбэтэҕим Эйигинэ суох аҥарбын Киһи дэммэт курдукпун Олохпор маннык күүстээх таптал Кэлиэ диэммин билбэтэҕим Эйигинэ суох аҥарбын Киһи дэммэт курдукпун Олохпор маннык күүстээх таптал Кэлиэ диэммин билбэтэҕим Кэлиэ диэммин билбэтэҕим Кэлиэ диэммин билбэтэҕим Кэлиэ диэммин билбэтэҕим