Билинии
4:30

Текст песни

Үчүгэйдик даҕаны Имэрийэ көрөҕүн Чахчы сырдык сулустуу Мичилийэ кыыһаҕын Эйэҕэстэй мичээриҥ Эдэр холку көрүҥүн Күүстээх таптал иэйиитин Туоһулуурга дылылар Эйигиттэн атыҥҥа Эрэйдэммэт сүрэҕим Өрүү күүтэр быһыыннан Уйаҕастык ньүөлүйэр Көрсө түһээт долгуйан Үөһэ тыынан ылабын Этиий миэхэ биир тылла Дууһам олус эрэйэр Таалан туран хааллыбыт Эн мин халлаан барыта Икки сүрэх тэбиитэ Сир үрдүгэр битийдэ Тунал хаарбыт сыыйыллан Сырдык хоту тардыста Ибир уоскун даҕайан Итии тыыныҥ илгийдэ Көрсө түһээт долгуйан Үөһэ тыынан ылабын Этиий миэхэ биир тылла Дууһам олус эрэйэр Дууһам олус эрэйэр