Текст песни
Халлаан сулустардаах, киэҥ уулуссалар
Устунан хаамсаллар таптаһар сүрэхтэр
Күлүү, үөрүү-көтүү кыһыл көмүс ыччат
Күннээҕи күннэри ылан ырыталлар
Сабыс саҥа күнү күндүтүк көрсөбүн
Билбэппин туох бүгүн иннибэр күүтэрин
Хас биирдии күннэрбит барыта
Түгэн умнуллума, сүрэх умуллума
Эдэр сүрэх таптыыр, ардыгар кыыс ытыыр
Арахсыы, көрсүһүү тапталын оонньотор
Киэһэ буолла хомун көрсүөххэйин бу күн
Бэлэхтиир биһиэхэ умнубат түгэни
Эдэр ыччат батыс, курууктары тутут
Үҥкүүлүүр көмүс күн, ыллыаҕа көмүс түүн
Хараҕа түүн ордук кини чугас курдук
Кистэлэҥ санаалар арыллан биэрдиннэр